Umsuura — Текст песни Дьол баар эбит (Col baar ebit)

Оригинал

1 перевод

Аан дойду тойуга

Кутуллар — кулгаахтаахха,

Аан дойду кэрэтэ

Киэргэнэр — харахтаахха.

Дьол чараас утаҕын

Мин буллум — сүрэхпиттэн,

Ип-итии сүрэҕим —

Сүүрүҥүй иэйиититтэн.

 

Дьол баар эбит

— Олох бүппэт түбүгэр,

Дьол баар эбит

Кэтээн көрүүм чуумпутугар.

 

Аан дойду чуумпута

Иһиллэр — кулгаахтаахха,

Аан дойду урана

Симэнэр — харахтаахха.

Мин аны дуоһуйабын

Ийэ сир кэрэтиттэн,

Киэҥ куйаар эйэ-дэмнээх

Бүппэт эргиириттэн.

 

ТАР5АТ: