X-UPP — Барыма

Манна ыраас-ыраас саҥа хаарынан

Санааларбын көрө хаамабын сааһылаан.

Бытааннык ааһар чаастар ардыларыгар

Унаар ырыа тыаһаан эйиигин санатар.

Хайдах урут биһигини тыал холорук

Эргиппитин санаабар ырытабын куруук.

Таптал кутаа уота биһигини ылан

Тоҕо маннык бүтэр буоллаҕына кууспутай?

 

Таптал сүппүт, күнүүлүүрэ бүппүт,

Дьүөгэҥ этэринэн — аһары өр күүппүт.

Түүлбэр илиибин ууна хаалабын хаһыытаан:

— Барыма, барыма, барыма…

Таптал сүппүт, күнүүлүүрэ бүппүт,

Дьүөгэҥ этэринэн үйэни көһүппүт.

Туһата суох, билэбин, эйиэхэ хаһыытаан:

— Барыма, барыма, барыма, барыма…

 

Харахтарарыҥ тырымныыр уоттарынан

Көрөллөр атааралларыгар сайыһан.

Төнүннэрээри билигин эйиэхэ, сүрэҕим,

Ырыа нөҥүө иһим санаатын тиэрдэбин.

Билигин, таах, мин эйиигиттэн ып-ыраах,

Хоһоон хоһуйабын, суруйабын хойутаан.

Доҕор, өйдүөҥ этэ, истиий, этиэм этэ.

Эн аттыгар онно хаалар кыаҕым суох этэ.

 

Таптал сүппүт, күнүүлүүрэ бүппүт,

Дьүөгэҥ этэринэн — аһары өр күүппүт.

Түүлбэр илиибин ууна хаалабын хаһыытаан:

— Барыма, барыма, барыма…

Таптал сүппүт, күнүүлүүрэ бүппүт,

Дьүөгэҥ этэринэн үйэни көһүппүт.

Туһата суох, билэбин, эйиэхэ хаһыытаан:

— Барыма, барыма, барыма, барыма…

ТАР5АТ: