Сииккэ сиэлэн хаарга хааман таах халтай эн сылдьыма
Инникигэр эрэл кыыма умайарын умнума
Ситэн ылыый анал уоту уктан кэбис сүрэххэр
Кини сирдиэ киэн олоххо үктэннэриэ үтүөҕэ
Баҕа санаан хоту туолан үөрэхтэниэн үлэлиэн
Сүүнэ тойон киһи буолан кыайбаттарга сүбэлиэн
Ситэн ылыый анал уоту уктан кэбис сүрэххэр
Кини сирдиэ киэн олоххо үктэннэриэ үтүөҕэ
Кини сирдиэ киэн олоххо үктэннэриэ үтүөҕэ
Куруук үөрэ айа-тута үчүгэйгэ талаһыый
Оччоҕуна уон оччоннон төҥнөн кэлиэ ол кыымын
Ситэн ылыый анал уоту уктан кэбис сүрэххэр
Кини сирдиэ киэн олоххо үктэннэриэ үтүөҕэ
Кини сирдиэ киэн олоххо үктэннэриэ үтүөҕэ
Олох уота кутаа буолан сир үрдүгэр кытыастар
Хас биирдии киһиэхэ сылааһынан үллэстэр
Ханна да сырыттаргын туохха да түбэстэргин
Эн дохсун сүрэҕин иһигэр олох уота умайарын умнума