Саптым да харахпын миэхэ көстөн кэлэҕин
Билэбин бу түүн эмиэ мин түүлбэр киирэҕин
Сылаас уоттаах харахтарыҥ көр миигин иирдэҕин
Ырыа кэрэ куолаһын наар эрэ итирдэрин
Таайа саныыбын эрэ эн туохтан үөрэргин
Миигин ахтаҕын эбэтэр искэр үөҕэҕин
Эн этиий олоххор миэхэ кими күүтэҕин
Эбэтэр сүрэххиттэн барытын эн сүөрэҕин
Үөрэбин аттыбар миэхэ эн эрэ бааргар
Барытын биэриэм этэ миигин кууһан сытаргар
Күүскэ тэбэр сүрэхпин эн кэлэн долгутаргар
Эмиэ утары көрүстүм көр бириэмэ бытаарда
Туох наада эт барытын сүрэххин сүүйэрбэр
Акаары уол курдукпун мин күлүүлээх үһүйээҥҥэ
Күнүүлүөм барытыгар оннооҕор үүнэр күннэргэ
Күүтэбин көрсөрбүтүн кэлэр бу өрөбүллэргэ
Эн кэрэҕин билэбин иирэбин
Уоттаах харахтаргынан сүрэхпин иитэҕин
Итии итии эн аттыгар өрүү ип-итии
Эн эрэ миэхэ наадаҕын кыыс миэхэ киэргэниий
Эн кэрэҕин билэбин иирэбин
Уоттаах харахтаргынан сүрэхпин иитэҕин
Итии итии эн аттыгар өрүү ип-итии
Эн эрэ миэхэ наадаҕын кыыс миэхэ киэргэниий
Көтөбүт күнү дьылы ону наар умнаары
Бэлэммин эйиигинниин ол суолга турунаары
Сулустарынан эрэ киэргэтиэм эн халлааҥҥын
Суолгун сырдатар өрүү чугас ыйдаҥалаахпын
Суруйбут суруктарбын эйиэхэ ыытаары
Тигэбин ырыабын эн таскар тыаһатаары
Бэлэхтиэм сибэккини эн күлэргэр
Тапталы ойуулуом халлааҥҥа үөрэргэр
Эн биһи иккиэн көтөбүт сирбит үрдүнэн
Истиий сүрэҕим ырыатын саҥа күн үүнэр
(Мин эйиигин таптыыбын эн билбэккин)
Эн кэрэҕин билэбин иирэбин
Уоттаах харахтаргынан сүрэхпин иитэҕин
Итии итии эн аттыгар өрүү ип-итии
Эн эрэ миэхэ наадаҕын кыыс миэхэ киэргэниий
Эн кэрэҕин билэбин иирэбин
Уоттаах харахтаргынан сүрэхпин иитэҕин
Итии итии эн аттыгар өрүү ип-итии
Эн эрэ миэхэ наадаҕын кыыс миэхэ киэргэниий
Эн кэрэҕин билэбин иирэбин
Уоттаах харахтаргынан сүрэхпин иитэҕин
Итии итии эн аттыгар өрүү ип-итии
Эн эрэ миэхэ наадаҕын кыыс миэхэ киэргэниий
Эн кэрэҕин билэбин иирэбин
Уоттаах харахтаргынан сүрэхпин иитэҕин
Итии итии эн аттыгар өрүү ип-итии
Эн эрэ миэхэ наадаҕын кыыс миэхэ киэргэниий