Эльза Павлова, Петр Кейметинов — Киинэҕэ курдук

Киинэҕэ курдук

Бытааннык эн хайыстыҥ.

Бу түгэн буолбут курдук,

Ханна эрэ көрбүтүм.

Имигэстик хамсанан

Тарбаххынан ынырдыҥ.

Долгуйа утары

Хардыылаан иһэн өйдөөтүм…

 

Хос ырыата:

Түүлбэр бөөлүүн мин эйиигин көрбүтүм,

Тыаллаах, сулустаах барыта киинэ курдук.

Көрүүй эн миигин оҥостон аҕай кэллим,

Көр бу, хайдаҕый эйиэхэ үҥкүүлүүрүм?

Түүлбэр бөөлүүн мин эйиигин көрбүтүм,

Тыаллаах, сулустаах барыта киинэ курдук.

Көрүүй эн миигин оҥостон аҕай кэллим,

Көр бу, хайдаҕый эйиэхэ үҥкүүлүүрүм мин?

 

Биһилэх курдук ыйбыт

Былыттары кыйдатан,

Биһиги хаамар суолбут

Кини уотугар сырдатан.

Эйиигин дьиэҕэр атааран

Түөһүм дьолунан туолар.

Кини сүрэҕин тэтимин,

Эйиэхэ тугу кэпсиирин.

 

Хос ырыата:

Түүлбэр бөөлүүн мин эйиигин көрбүтүм,

Тыаллаах, сулустаах барыта киинэ курдук.

Көрүүй эн миигин оҥостон аҕай кэллим,

Көр бу, хайдаҕый эйиэхэ үҥкүүлүүрүм?

Түүлбэр бөөлүүн мин эйиигин көрбүтүм,

Тыаллаах, сулустаах барыта киинэ курдук.

Көрүүй эн миигин оҥостон аҕай кэллим,

Көр бу, хайдаҕый эйиэхэ үҥкүүлүүрүм?

 

Киинэҕэ курдук

Бытааннык эн хайыстыҥ.

Бу түгэн буолбут курдук,

Ханна эрэ көрбүтүм.

Имигэстик хамсанан

Тарбаххынан ынырдыҥ.

Долгуйа утары

Хардыылаан иһэн өйдөөтүм…

 

Хос ырыата:

Түүлбэр бөөлүүн мин эйиигин көрбүтүм,

Тыаллаах, сулустаах барыта киинэ курдук.

Көрүүй эн миигин оҥостон аҕай кэллим,

Көр бу, хайдаҕый эйиэхэ үҥкүүлүүрүм?

Түүлбэр бөөлүүн мин эйиигин көрбүтүм,

Тыаллаах, сулустаах барыта киинэ курдук.

Көрүүй эн миигин оҥостон аҕай кэллим,

Көр бу, хайдаҕый эйиэхэ үҥкүүлүүрүм?

ТАР5АТ: