Андрей Говоров, Катя Чкрш — Сайын

Сайыҥҥы күн үүммүт эйиэхэ
Илиигин уун көтүөх иккиэн
Күнү көрсөр баҕаттан кэллим
Эйиэхэ мин сибэккилээх

Киэһэлик эн дьиэҕэр
Соҕотох олорума
Тахсыаххарыый
Салгыны кытта күүлэйдии

Бэлэхтиибин мин эйиэхэ бу күннэрбин
Сып-сылаас үс ыйдаах куйаас кэмнэри
Эйиигинниин эрэ сайыны атаарыахпын баҕардым
Тахсыаххарыый

Сайын сайын
Эн аттыгар соһуччу саҕаламмыт
Сайын аайы
Эйиэхэ мин бэлэхтиибин бу сайыҥҥы тапталбын

Сайын (таптал) сайын (таптал) сайын (таптал)
Сайын (таптал) сайын (таптал)
Бэлэхтиибин эйиэхэ бу сайыҥҥы тапталбын

Тахсыаххарыый айылҕаҕа күүлэйдии
Ким да билбэт сиригэр тиийиэххэриий
Халлаан устун сулустары батыһан
Тапталга уйдаран

Бэлэхтиибин мин эйиэхэ бу күннэрбин
Сып-сылаас үс ыйдаах куйаас кэмнэри
Эйиигинниин эрэ сайыны атаарыахпын баҕардым
Тахсыаххарыый

Сайын сайын
Эн аттыгар соһуччу саҕаламмыт
Сайын аайы
Эйиэхэ мин бэлэхтиибин бу сайыҥҥы тапталбын

Сайын (таптал) сайын (таптал) сайын (таптал)
Сайын (таптал) сайын (таптал)
Бэлэхтиибин эйиэхэ бу сайыҥҥы тапталбын

ТАР5АТ: