Сахам сирэ мин ырыабар
Мин иһирэх эппит тылбар
Эн тойугун дуораан кута
Иһиллибит буоллаҕына
Айар саргым кынатынан
Айыым сирин алгыы кууһуом
Сахам килбик майгытынан
Аргыый кистээн дьоллоох буолуом
Сахам сирэ сахам сирэ
Сардаҥалаах ааккар кытаал
Хаардаах дойдум сылаас тыына
Улуу таптал уоспат күүһэ
Сахам сирэ мин халааным
Хараҥарар түгэнигэр
Үҥэр күүһү үрүҥ күнү
Эн буоларгын эрэ өйдүөм
Эйиигиттэн ордук курдук
Эгэлгэлээх кытыллартан
Эн тымныыгар хаарыллаары
Эмиэ тиийэн кэлэ туруом
Сахам сирэ сахам сирэ
Сардаҥалаах ааккар кытаал
Хаардаах дойдум сылаас тыына
Улуу таптал уоспат күүһэ
Сахам сирэ мин кутум сүрүм
Сахам сирэ мин үрдүк иэйиим
Сахам сирэ мин ыллыыр ырыам
Тапталлаах мин Сахам сирэ
Сахам сирэ сахам сирэ
Сардаҥалаах ааккар кытаал
Хаардаах дойдум сылаас тыына
Улуу таптал уоспат күүһэ
Улуу таптал Сахам сирэ