Атасхаан — Дорообо дойдум

Тиийбэт миэхэ дойдум сылаас салгына
Көҥүллүк киэҥник өрө тыынарбар
Тиийбэт миэхэ дойдум буора
Олохпор киэн куоҥҥа тыл оҥорорбор

Дорообо дойдум дьоно сэргэтэ
Бу ырыа кэһиилээх мин тиийэн кэллим
Дорообо дойдум сылаас салгына
Ахтаммын суохтааммын өрө тыынабын

Саха эр дьонугар дойдуга ахтылҕан тардыһар
Төрөөбүт алааһым ийэ аҕа таптала
Тиийиэҕим дойдубар ырыа аргыс доҕордоох
Ахтыбыт буруйбар ырыабын ыллыы

Дорообо дойдум дьоно сэргэтэ
Бу ырыа кэһиилээх мин тиийэн кэллим
Дорообо дойдум сылаас салгына
Ахтаммын суохтааммын өрө тыынабын

Дорообо дойдум дьоно сэргэтэ
Бу ырыа кэһиилээх мин тиийэн кэллим
Дорообо дойдум сылаас салгына
Ахтаммын суохтааммын өрө тыынабын

ТАР5АТ: