Soviet Patriotic/Folk Songs — Текст песни Хайыһар
Оригинал Якутский (Саха) Хоту дойду хонноҕунан Колонналар бардылар, Хара тыанан, толоонунан Хайыһардар дайдылар. Хос ырыата: Өстөөх ханна саһан сылдьар, Өстөөх ханна хайыһар, — Ситиэ онно сытыы буулдьа, Ситиэ сыыдам хайыһар! Сибирь улуу буолактара Силлиэрдилэр иһиирэ, Туундара тыйыс уолаттара Туруннулар сэриигэ. Биллин фашист баһылыга Биһи чаҕаан күүспүтүн, Кыайыы сырдык дьаралыга Биһигини кууспутун.