National Anthems & Patriotic Songs — Текст песни Саргы дьаалы салалынна
Саргы дьаалы салалынна, Өрөгей талаан үрдээтэ! Аан дойду арчыланна, Айыы аймах дьоллонно! Харах уута ханыннын, Тохтор хаан аҕыннын! Ааспыт-туорбут астыннын. Ииммит-хаппыт тылыннын! Эрэй-буруй эһиннин, Муҥнаах-сордоох дьоллоннун! Дьоллоох туона тунаардын, Барҕа быйаҥ тэнийдин. Күнүс эрэ күндээрдин, Сайын эрэ сандаардын! Икки атах ийэ сирэ Инникитин биир буоллун! Саастарга сандаардын! Айхал-мичил! Күөгэл-нусхал! Нарын-наскыл! Уруй-туску! Айхал! Айхал! Айхал!