Russian Military & Patriotic Songs — Текст песни Эйэ Ырыата (Eye Irıata)

Мин Сахам сиригэр,

Киэҥ Ленам биэрэгэр

Ымыылар ыллыыллар,

Хатыҥнар хамсыыллар.

 

Мин Сахам сиригэр,

Күөх хочо күөнүгэр

Саһархай бурдуктар

Саһарҕа курдуктар.

 

Хотугу кыраайым —

Хорсун дьон дойдута,

Үөрүүнэн барҕарбыт

Дьол, эйэ дойдута.

 

Сахалар, нууччалар,

Эбээннэр, чукчалар

Эйэни айабыт,

Дьолбутун тутабыт.

 

ТАР5АТ: