Антон&Конон Ноговицы&Нарияна Куо — Дьоллоох эрэ буол

Мин санаатым бу олорон эйигин,
Санаарҕаатым,таҥнарбытыҥ эрэлбин,
Мин сүрэхпэр дириҥ бааhы хааллардыҥ,
Мин тапталбын сыыска-буорга тэбистиҥ, эрэйдээтиҥ.

хос ырыата:

Ханна да эн тиий,ырыабын истиий,
Өрүү таптыырбын,умнубаппын эн билиий,
Кимниин да эн буол, дьоллоох эрэ буол,
Кыыhырбаппын эйиэхэ.

Сарсын эмиэ саҥа күн үүнүөҕэ,
Онтон миэхэ син биир маннык буолуоҕа,
Харах уута таммалыыр мин ытыспар,
Бу дойдуга барыта бороҥ буолла,миэхэ кэллэ.

Ханна да эн тиий,ырыабын истиий,
Өрүү таптыырбын,умнубаппын эн билиий,
Кимниин да эн буол, дьоллоох эрэ буол,
Кыыhырбаппын эйиэхэ.

Ханнык даҕаны кыыс эйиэхэ син биир тиийбэт,
Эн бааргар сүрэҕим хомойор диэни билбэт,
Эйигин көрбөтөҕүм өр да өр буолла
Ол гынан баран эн дьүhүнүҥ өйбөр хаалла.
Эйигин санааммын мин сүрэҕим олус ыалдьар,
Эйигин кытта буолуохпун баҕарабын диэн эттэ,
Кыыhы көрөммүн мин эйигин саныыбын,
Баар-суох күндү доҕоруом мин эйигин таптыыбын.
Кэлиий күнүм миэхэ дьол кэлиэҕэ биhиэхэ,
Туох баар тапталбын олохпун эйиэхэ аныаҕым,
Ханна да эн тиий,ырыабын истиий,
Өрүү таптыырбын,умнубаппын эн билиий.

Ханна да эн тиий,ырыабын истиий,
Өрүү таптыырбын,умнубаппын эн билиий,
Кимниин да эн буол, дьоллоох эрэ буол,
Кыыhырбаппын эйиэхэ.(2)

 

ТАР5АТ: