Анаммыт олоҕум
Оргууй аҕай устан иһэр
Дьолунан туолбут суолум
Олуһун санаабын көтөҕөр
Ол эрэн тиийбэт миэхэ
Сүрэҕим кэтэһэр таптала
Ханнаҕыный мин көмүс күндү киһим
Ханнаҕыный мин сүрэҕим анала
Ыйан биэриий түүҥҥү сулус миэхэ сүрэҕим аналын
Эрэнэ кэтэһэбин дьылҕабыттан кинини күүтэбин
Сахам нарын сэмэй кэрэ кыыһа ханна эрэ сылдьар
Хаһан эрэ суолбут холбуурун күүтэбин
Дьикти олох суола
Миигин тиэрдиий эн киниэхэ
Халлааҥҥа тыгар күммүт
Көрсүһэр суолбутун сырдатыый
Мин эмиэ бары курдук
Таптыахпын олус баҕарабын
Ханнаҕыный мин күүтэр күндү киһим
Ханнаҕыный мин олоҕум анала