Махтана санаатым
Эн истиҥ сыһыаҥҥар
Сүрэхпэр сөҥмүт
Санаабын үллэстибиккэр үллэстибиккэр
Куранахсыйбыт куппар
Эрэли эппиккэр
Ыарахан кэммэр
Өйөбүл буола кэлбиккэр буола кэлбиккэр
Махтана санаатым
Барбытын кэнниттэн
Кэмсинэ санаатым
Бэйэҕэр эппэтэхпиттэн
Бэйэҕэр эппэтэхпиттэн
Махтана санаатым
Ис санаан иһирэҕэ
Оҥоһуута суоҕун
Олус сэмэй оҥоһуулааҕа оҥоһуулааҕа
Киһилии ыраас
Килбик бэйэлээҕэр
Сүрэҕим ылынар
Сүбэлээх буолбуккуттан буолбуккуттан
Махтана санаатым
Барбытын кэнниттэн
Кэмсинэ санаатым
Бэйэҕэр эппэтэхпиттэн
Бэйэҕэр эппэтэхпиттэн
Махтана санаатым
Ийэ кутум иитиитигэр
Айар куттаах киһиэхэ
Сыһыанын итиитигэр итиитигэр
Санаам буолар даҕаны
Сайа сайаҕаскыттан
Эйэкээлэринии
Эрэмнилээх эйэҕэскиттэн эйэҕэскиттэн
Махтана санаатым
Ийэ кутум иитиитигэр
Айар куттаах киһиэхэ
Сыһыанын итиитигэр
Санаам буолар даҕаны
Сайа сайаҕаскыттан
Эйэкээлэринии
Эрэмнилээх эйэҕэскиттэн
Махтана санаатым
Барбытын кэнниттэн
Кэмсинэ санаатым
Бэйэҕэр эппэтэхпиттэн