Xxull1Gan & Pishkelle — Кистэлэҥ санаа

Кистиибин кистэлэҥ санаабын мин
Кырачаан сүрэхчээммэр эйиигин илдьэ сылдьабын
Мин күнүм дууһабын сордуур киһим
Мин ыйым өйдөөн иһит миигин синбиир таптыыбын

Туох иһин эрэ диигин эн туох иһин
Чуҥкуйан олорон дууһам ытыыр
Талабын эйиигин элбэх сүрэхтэн

Хас биирдии хардыы биһитини тэйитэр
Ол эрэн остуоруйабыт салҕыы суруллуо
Хас биирдии хардыы биһитини тэйитэр
Ол эрэн иккиэн киинэбит салҕыы уһуллуо

Олохпут хаамыыта олус диэн дьикти
Күн-дьыл ааһара түргэн кэм-кэрдии
Иннибитигэр биһигини күүтэр уһун суол

Аныгыс олоххо баҕар миигин көрсөн
Бииргэ буолуохпун эн биһи иккиэн
Аанньылым истиий эн миэхэ итэҕэй

Сэрэйэбин эн саныыгын мин ааппын
Ааппын билэбин эн миигин умна иликкин
Таайабын эн миигин эмиэ таптыыргын

Кистиибин кистэлэҥ санаабын мин
Кырачаан сүрэхчээммэр эйиигин илдьэ сылдьабын
Мин күнүм дууһабын сордуур киһим
Мин ыйым өйдөөн иһит миигин синбиир таптыыбын

Туох иһин эрэ диигин эн туох иһин
Чуҥкуйан олорон дууһам ытыыр
Талабын эйиигин элбэх сүрэхтэн

Туох иһин эрэ диигин эн туох иһин
Чуҥкуйан олорон дууһам ытыыр
Талабын эйиигин элбэх сүрэхтэн

ТАР5АТ: