“Үлэ киһитэ” бириэмийэ тыа хаһаайыстыбатыттан 8 киһиэхэ туттарылынна

Быйыл төрдүс сылын иҥэриллэр Ил Дархан “Үлэ киһитэ” бириэмийэтин лауреаттарын истэригэр тыа хаһаайыстыбатын салаатыттан 8 киһи киирбитэ кэрэхсэбиллээх. Кинилэр кимнээхтэрий?

Михаил Николаевич Готовцев – Арассыыйа Үлэтин дьоруойа, Үлэ албан аатын уордьанын толору кавалера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Уус Алдан улууһун ытык киһитэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “Удьуор” бааһынай хаһаайыстыба баһылыга (Танда, Уус Алдан улууһа).

Михаил Петрович Сивцев – “Дьулус” бааһынай хаһаайыстыба баһылыга (Бөтүҥ, Нам улууһа).

Марк Прокопьевич Лиханов – “Улахан Алаас” бааһынай хаһаайыстыба баһылыга (Хаҥалас улууһа).

Дмитрий Николаевич Наумов – “Булуҥ” муниципальнай-унитарнай тэрилтэ балыксыта (Булуҥ улууһа).

Татьяна Ивановна Николаева – урбаанньыт, бааһынай хаһаайыстыба баһылыга (Марха, Дьокуускай куорат).

Үрдүк аакка кинилэри сэргэ бэтэринээрийэ биэлсэрэ Валентин Дмитриевич Захаров (Муҥудай, Чурапчы улууһа), бэтэринээрийэ бырааһа Сергей Николаевич Колодезников (Мэҥэ Алдан, Томпо улууһа) уонна бэтэринээрийэ эмтиир пуунун сэбиэдиссэйэ Светлана Захаровна Никитина (Чөркөөх, Таатта) тигистилэр.

Наҕараадаламмыттары таһаарыылаах, бэриниилээх, сыралаах үлэлэрэ сыаналаммытынан эҥэрдэлиибит!

Василий Никифоров

Сообщение “Үлэ киһитэ” бириэмийэ тыа хаһаайыстыбатыттан 8 киһиэхэ туттарылынна появились сначала на Улус Медиа.

ТАР5АТ: