Суорун Омоллоон өбүгэлэрин чорооно

«Үйэлээх чороон — өбүгэм ситимэ – бырайыак

Таатта улууһугар Чөркөөх музейа саха биллиилээх суруйааччыта, Социалистическай Үлэ Дьоруойа Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон көҕүлээһининэн  тэриллибитэ. Итиэннэ бу чороону кини музейга бэлэхтээбитэ.  

Тоҕус курдуу ойуулаах чороон харахха тута быраҕыллар. От-мас, тараах ойуута чороон айаҕын уонна атаҕын киэргэтэллэр. От-мас ойуута өҥү-быйаҥы кэрэһэлиир диэн бэлиэтэнэр. Уус ортотугар бөдөҥ илим хараҕын киллэрбит. Бу хаһан үөскээбитэ биллибэт ойуу. Сурулларынан туос иһит иитин тигиититтэн киирбит диэн буолар. Көрөргүт курдук, бу ойуу тулата бытархай илим хараҕа уонна тоноҕос ойуулаах-дьарҕаалаах.

Суорун Омоллоон бэлэхтээбит кэриэс ытык чороонун туһунан видеоҕа музей исписэлииһэ Оксана Жерготова биэрбит матырыйаалынан экскурсовод Юлия Борисова кэпсиирин көрөҕүт.

 

Видеоҕа музей исписэлииһэ Сардаана Аввакумова устуута. Хаартыскалар музей пуондатыттан.

Бэчээккэ бэлэмнээтэ Сардаана Баснаева

 

Чөркөөх музейын сэдэх экспонаттарын туһунан өссө бу сигэнэн киирэн көрүөххүтүн сөп: https://sakha-sire.ru/sedeh-espeneetter-noruot-tymelin-kyndy-mala-video/

 

Сообщение Суорун Омоллоон өбүгэлэрин чорооно появились сначала на Улус Медиа.

ТАР5АТ: