Биэнсийэ иннинээҕи саастаах дьоҥҥо көмө
Өрөспүүбүлүкэҕэ биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи саастаах дьоҥҥо «Кадры» национальнай бырайыак чэрчитинэн, маннык быраабыла үлэлиир: үөрэнии иннинэ мэктиэлэммит үлэ дуогабарыгар илии баттаһаллар. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпиир кэмигэр иһитиннэрдэ. «Бу ханнык эрэ идэҕэ көннөрү үөрэтии буолбатах, салгыы үлэлииргэ дуогабардаах хат үөрэтии буолар. Өрөспүүбүлүкэ дьарыктаах буолууга кииннэригэр хат үөрэтии үлэтэ билигин итинник тэриллэр. Маннык хат …