Суорун Омоллоон өбүгэлэрин чорооно
«Үйэлээх чороон — өбүгэм ситимэ – бырайыак Таатта улууһугар Чөркөөх музейа саха биллиилээх суруйааччыта, Социалистическай Үлэ Дьоруойа Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Итиэннэ бу чороону кини музейга бэлэхтээбитэ. Тоҕус курдуу ойуулаах чороон харахха тута быраҕыллар. От-мас, тараах ойуута чороон айаҕын уонна атаҕын киэргэтэллэр. От-мас ойуута өҥү-быйаҥы кэрэһэлиир диэн бэлиэтэнэр. Уус ортотугар бөдөҥ илим хараҕын киллэрбит. …