Олоҥхо ыһыаҕын көрсө тыайалар ситии хаталлар

Кэбээйигэ ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕын көрсө нэһилиэктэр салама оҥоруохтаахтар. Бүгүҥҥү туругунан Мария Дьяконова салайааччылаах Тыайа нэһилиэгин «Алаас» түмсүү кыттыылаахтара ситии хата сылдьаллар. Бу туһунан «Дабаан» хаһыат суруйар. 

Тыайаҕа «Түмсүү» КСК уонна «Холумтан» түмсүү «Ситии ситимэ-салама саргыта» дьарыктаах күрэс тэрийдилэр.

«Үөрэниэн баҕалаахтары өбүгэ биир ураты уонна алгыстаах малын оҥорорго Мария Михайловна Дьяконова салайар «Алаас» эбээ түмсүүтүн кытары үөрэттибит. 9 миэтэрэ ситиини тута хатан, кыайыылаахтарынан Мария Михайловна уонна саҥа үөрэммиттэртэн эдэр ийэ Прасковья Федоровна Дьяконова таҕыстылар. Бу тэрээһиҥҥэ барыта 20 миэтэрэ ситии хатылынна.

Мантан салгыы саламабытын хатан, киэргэтии үлэтэ барыаҕа», — диэн иһитиннэрдэ Екатерина Архипова.

Сообщение Олоҥхо ыһыаҕын көрсө тыайалар ситии хаталлар появились сначала на Улус Медиа.

ТАР5АТ: