«Сахафильм» хампаанньа ВКонтакте официальнай ханаалыгар ааҕааччыларыгар анаан «Аллараа дойду» диэн кылгас метражтаах триллери таһаарда.
Киинэҕэ кэпсэнэринэн, тайҕаттан кэлбит булчут аһыы утаҕынан үлүһүйэр. Арай биир күн сарсыарда, икки доҕорун кытта арыгылаан баран, биирдэстэрэ өлбүтүн булар. Киинэ дьиҥнээх олоххо буолбут түбэлтэҕэ олоҕуран уһуллубут. Туруорааччы режиссер – Никита Новгородов. Сааһынан хааччах (18+).