СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков уонна гражданскай оборона дьыалаларыгар, нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыыга миниистирэ Дмитрий Лепчиков бүгүн, от ыйын 28 күнүгэр, Үөһээ Дьааҥы улууһугар тиийдилэр.
Бырабыыталыстыба дэлэгээссийэтэ халаантан эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэлээх пууннарга бөртөлүөтүнэн 1565 киилэ гуманитарнай көмөнү тиэртэ.
Кирилл Бычков уонна Дмитрий Лепчиков Суордаах сэлиэнньэтигэр социальнай суолталаах эбийиэктэри, ол иһигэр оскуоланы уонна хочуолунайы көрдүлэр, халаан содулун сыаналаатылар уонна олохтоохтору кытта көрсөн кинилэр ыйытыыларыгар хоруйдаатылар.