Оҕурсу — биир сыллаах үүнээйи. Аһын 94-97% — уу, 0,5-1,1% — белок, 1-2,5% — саахар, ону сэргэ, С. В1, В2, Р битэмииннэрдээх, каротиннаах, ферменнэрдээх, о.д.а. Щелочь тууһа элбэх буолан, киһи куртаҕын кислотноһын намтатар, оттон калийа — эттэн-сиинтэн ууну таһаарар, сүрэх, быар, бүөр үлэтигэр туһалыр.
Үүнээйи үгүс силиһэ буорга 15-20 см, сороҕо 1 м дириҥҥэ тиийэр. Сылааһы сөбүлүүр буолан, кыра да тымныыттан куттанар. Сиэмэттэн үнүгэһэ тахсарыгар +23….25С буолуохтаах, +10…12С түстэ да, үнүүтэ мөлтүүр, силиһин моойо ыалдьар.
Биологияҕа оҕурсу аһа отон (тыквина) дэнэр, иһэ сүрүннээн 3, биирдэ эмит 4-5 хаамыралаах буолар. Саҥа быкпыт аһа — зеленец, 3-12 күнүнэн ситэр. 8-20 см тиийэ улаатар.
Оҕурсу сырдыкка, сылааска, сииккэ наадыйар. Хараҥаҕа үүнүүтэ бытааран барар, кэхтэр. Оттон наһаа сырдыкка, күүстээх күн уотугар сэбирдэхтэрэ эрдэ кырдьаллар, аһын биэриитэ мөлтүүр. Аһа + 15С саҕалаан +25…30С диэри үүнэр. Онтон өр кэмҥэ +8…..10С буоллаҕына, үүнээйи өлүөн сөп.
Оҕурсу сэбирдэхтэрэ улаатар уонна ас биэрэр кэмигэр элбэх ууга наадыйар. Уонна уутун күнүс, күннээххэ,сэбирдэхтэринэн көтүтэр. Буорун уонна тэпилииссэ салгынын сиигэ 70-80% буоллаҕына, үүнэригэр саамай табыгастаах усулуобуйа буолар.
Үүнээйи силиһэ салгыҥҥа олус наадыйар. Ол иһин буора көпсөркөй буолуохтаах. Ону сэргэ, үнүгэһэ салгынтан углекислай гааска наадыйар. Углекислай гаас салгыҥҥа баар көрдөрүүтэ 0,03% тэҥнэһэр. Оттон ол көрдөрүү 5-10 төгүл үрдээтэҕинэ, оҕурсу үүнүүтэ түргэтиир, күүһүрэр.
Саха ыалын халандаарыттан
«Айар», 2026 с.