Саха сиригэр уматык саҥа баартыйаларын тиэйии салҕанар

РФ Энэргиэтикэҕэ итиэннэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга министиэристибэлэрэ хотугу таһаҕаһы тиэйии чэрчитинэн уматыгы хааччыйар дьаһаллары ылыналлар.

От ыйын 27 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ тимир суолунан уонна өрүһүнэн  бэнсиин уонна сэлээркэ саҥа баартыйалара айаннаан иһэллэр. «Саханефтегазсбыт» АУо  аадырыстаммыт АИ-95 бэнсииннээх уонна сэлээркэлээх  састааптар Томмот ыстаансыйатыгар айаннаатылар. Дьокуускайдааҕы ньиэп баазатыттан Аллараа Бэстээххэ  сэлээркэ массыынанан тиэрдиллиэҕэ. Бүгүн Уус Куттан өрүһүнэн кэлбит уматыгы тутуу үлэтэ ыытыллар.

Маны таһынан, Уус Кутка баар ньиэп баазатыттан Саха сиригэр ыытарга анаан, АИ-92, АИ-95 бэнсииннэр уонна сэлээркэ араас мааркаларын баартыйалара мунньулуннулар.

Атын оператордарга эмиэ хааччыйыы салҕанар. «Туймаада-ньиэп» АУо анаан Аллараа Бэстээх ыстаансыйатыгар АИ-92, АИ-95 бэнсииннээх, сэлээркэлээх уонна авиационнай уматыктаах богуоннар айаннаан иһэллэр. «СибОйл» ХЭТ-кэ эмиэ араас мааркалаах бэнсиини уонна сэлээркэни тиэрдии былааннанар.

Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/57912

ТАР5АТ: