Сугун туһата
Күөмэй ыарыйдаҕына, айах бааһырдаҕына сугун абырыыр. Бу туһунан, бука, истибиккит буолуо? Саха сиригэр намыһах, сииктээх сиргэ киэҥник үүнэр. Талахтарга киирсэр, ньолбуһах сэбирдэхтээх үүнээйи. Бэс ыйыгар, от ыйын аҥаарыгар сибэккилэнэр. От ыйын бүтэһигиттэн отун хомуйан, сибиэһэйдии эбэтэр хатаран куртах, оһоҕос, хабах ыарыытыгар, авитаминозка туттуллар. Отонун утах оҥорон, титирээн ыалдьыбыт дьоҥҥо иһэрдэн, кыраадыстарын түһэрэллэр. Хаан аҕыйаатаҕына, сэбирдэҕин …