Бүгүн Виталий Андросов төрөөбүтэ 75 сыла
Быйыл мэдиссиинэ билимин хандьыдаата, биллиилээх мелодист, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Виталий Тимофеевич Андросов төрөөбүтэ 75 сыла туоларынан, төрүт уус дойдутугар Мэҥэ Хаҥаласка, Мөҥүрүөн нэһилиэгэр, Маттаҕа ыһыах ыстылар. Биһиги, Виталий Андросов бииргэ улааппыт дьүөгэтэ, кылааһынньыга Татьяна Михайловна Назарова-Санаа быраастыын ыҥырыллан бардыбыт. Массыынанан тиийэн 203 түөлбэттэн катерга олорсон, Бэстээххэ тиийдибит. Кытылга массыына кэтэһэн турарыгар олорсон Матталаатыбыт. …