Бултааһын — булду сонордоһуу эрэ буолбатах, бараммат саха тыла, үтүө үгэһэ, сиэрэ-туома, бөлөһүөктээһинэ…
Сахаҕа соторутааҥҥа диэри улахан булка туттуллар сиэргэ-туомҥа сыһыаннаах араас өйдөбүллэри аҕа көлүөнэ дьон бэркэ диэн билэр этилэр. Ол барыта аныгы үйэ тэтимигэр үтүрүйтэрэн, өлбөөдүйэн, симэлийэн, умнуллан эрэр курдук буолла. Биир эмэ дьон үһү-тамах курдук өйдөөн-санаан ылабыт быһыылаах. Дьэ, ону барытын эридьиэстээн ырытыы, бука, кыаллыбата буолуо да буоллар, сүрүн өттүтүн тус бэйэм хайдах өйдүүрбүнэн быһыта-орута да …