Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 нүөмэрдээх балыыһа хирурдара Булуҥ улууһугар үлэлииллэр

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 нүөмэрдээх балыыһа-Мэдиссиинэ суһал көмөтүн киинин хирургияҕа мобильнай киинэ Булуҥ улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатыгар үлэлиир.

Алтынньы 21 күнүттэн үлэлиир биригээдэ састаабыгар оториноларинголог, колопроктолог-быраастар, анестезиолог-реаниматолог, мэдиссиинэ сиэстэрэлэрэ бааллар.

Билиҥҥитэ гемморойэктомияҕа уонна  септопластикаҕа эпэрээссийэлэри оҥордулар. Уопсайынан, алтынньы 27 күнүгэр диэри 20 эпэрээссийэ оҥоһуллара былааннанар.

Санатан эттэххэ,    хирургия киинин быраастара быйыл тохсунньуттан 2 тыһыынча курдук ыарыһаҕы көрдүлэр, 700-тэн тахса эпэрээссийэни оҥордулар. “Хирургия мобильнай киинэ” инновационнай бырайыак 2024 сылтан саҕаланыаҕыттан барыта Оройуоннааҕы киин балыыһалар базаларыгар  1358 эпэрээссийэни оҥордулар, 4718 ыарыһаҕы көрдүлэр.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа пресс-сулууспата

ТАР5АТ: