Бэс ыйын 17 күнүгэр Киин быыбардыыр хамыыһыйа иһитиннэрбитинэн, Өлөөн уонна Хаҥалас улуустарыгар баһылык быыбара буолара ананна.
Ону тэҥэ маннык поселениеларга баһылык быыбара ыытыллыаҕа.
Муҥурдаах, Ураһалаах нэһилиэктэргэ (Абый); Кырыкый нэһилиэгэр (Үөһээ Бүлүү); Үөһээ Халыма нэһилиэгэр (Үөһээ Халыма); Верхоянскай к., Адыаччы нэһилиэгэр (Дьааҥы); Арыылаах, Бороҕон, Чочу, Үгүлээт нэһилиэктэригэр (Бүлүү); Кировскай нэһилиэккэ (Горнай); Соболоох нэһилиэгэр (Муома); Алаһыай, Байды, 2-с Мээтис, Сиэн Күөл, Хатыҥнаах нэһилиэктэргэ (Орто Халыма); Аллыҥа, Куокуну, Маар Күөл, Түбэй Дьаархан нэһилиэктэригэр (Сунтаар); Дьүлэй нэһилиэгэр (Таатта); Покровскай к., Иһит нэһилиэгэр (Хаҥалас).
Оттон ханнык поселениеларга бэрэстэбиитэллээх уорганнар дьокутааттарын быыбара буоларый?
Муҥурдаах, Ураһалаах нэһилиэктэргэ (Абый); Үөһээ Халыма нэһилиэгэр (Үөһээ Халыма); Арыылаах, Бэкчэгэ, Бороҕон, Бастакы Тоҕус, Чочу, Үгүлээт нэһилиэктэригэр (Бүлүү); Кировскай нэһилиэккэ (Горнай); Хатырык нэһилиэгэр (Нам); Алаһыай, Байды, 2-с Мээтис, Сиэн Күөл, Хатыҥнаах нэһилиэктэргэ (Орто Халыма); Илимниир, Куокуну, Маар Күөл, Түбэй Дьаархан нэһилиэктэригэр (Сунтаар); Дьүлэй нэһилиэгэр (Таатта); Дьабарыкы Хайа бөһ. (Томпо); Иһит нэһилиэгэр (Хаҥалас).
Улуус таһымыгар дьокутааттарга эбии быыбардар буолуохтара: Үөһээ Халыма, Кэбээйи, Нам, Хаҥалас улуустарыгар.