Саха сиригэр дроннар — пилота суох көтөр аппарааттар таһаҕаһы тиэрдэн саҕалаатылар диэн Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.
«Бүгүн Дьокуускай уонна Аллараа Бэстээх икки ардынан беспилотник таһаҕаһы тиэрдэр үлэтин саҕалаата. Олохтоох маркетплейстэр нөҥүө сакаастыахха сөп. Дроннар 10 киилэҕэ диэри ыйааһыннаах малы 15 мүнүүтэнэн тиэрдиэхтэрэ», — диэн Ил Дархан суруйар.
Бырайыагы «Якутия» технопаарка уонна Инновациялар сайдыыларын пуондатын өйөбүлүнэн Саха сиринээҕи инновационнай хампаанньалар олоххо киллэрдилэр.