“Олохтоох дьаһалта суһаллык тэриннэ”

“Олохтоох дьаһалта суһаллык тэриннэ”

Биэрэк Үрдэ бөһүөлэк олохтооҕо Федор Шпнев Өймөкөөн улууһун хаһыатыгар кэпсээбитинэн, дэриэбинэҕэ уу таһыма син-биир үрдүк. Ол да буоллар, кыралаан түһэн эрэр эбит.

Үгүс дьиэлэр халаан уутуттан олус эмсэҕэлээбиттэр. Ол эрээри халаан бастакы күннэригэр олохтоох дьаһалта суһаллык үлэни сүрүннээн, дьон наһаа уолуйбатах.

  • — Билигин Дьокуускайтан кэлбит ЫБМ үлэһиттэрэ уонна быыһааччылар сөптөөх көмөнү оҥороллор. Мотуордаах оҥочолорунан сылдьан дьоҥҥо бородууктаны, ууну, килиэби түҥэтэллэр, — диир Федор.
  • Ольга Скрыбыкина суруйуутунан
ТАР5АТ: