ФЭНШУЙ: Ыһыллаҕас дьиэ сыһыаны алдьатар

Киһи өйүн-санаатын сааһылыырыгар аан бастаан тус малы-салын сааһыланыахтааҕын туһунан уйулҕа үлэһиттэрэ өрүү этэллэр. Оттон фэншуй этэринэн, ыһыллаҕас, кирдээх  дьиэ-уот кэргэннии дьон сыһыаннарыгар улаханнык охсор эбит.

Кэргэҥҥин, оҕолоргун уонна тулалыыр эйгэҕин кытта эйэлээх сыһыаҥҥа наадыйар буоллаххына, бастаан ыскаапкын, дьиэҕин-уоккун сааһылаа, ыраастаа диэн фэншуй үөрэҕэ сүбэлиир.

Кирдээх куукуна —  дьахтар өйүгэр-санаатыгар куһаҕаннык охсуон сөп.

Ыһыллаҕас утуйар хос — кэргэннии дьон сыһыаныгар «тымныйыыны» үөскэтэр.

Ыһыллаҕас ыскаап — оҕолор доруобуйаларыгар охсор. Онон дьиэҕитин-уоккутун хомунуҥ, бөҕү харыһыйбакка быраҕыҥ.

ТАР5АТ: