Мэҥэ Хаҥаласка быыбар түмүгэ

Мэҥэ Хаҥалас  улууһугар биэс нэһилиэк олоҕор улахан суолталаах түгэн – нэһилиэк баһылыктарын быыбара – түмүктэннэ.

-Бу күн хас биирдии олохтоох нэһилиэгин инники кэскилин туһугар бэйэтин быһаарыытын оҥордо.
Быыбар түмүгүнэн баһылыктарынан талылыннылар:

Алтан нэһилиэгэр – Николай Егорович Матчитов
Моорук нэһилиэгэр – Радомир Прокопьевич Никитин
Нөөрүктээйи нэһилиэгэр – Иван Васильевич Старостин
Дьаҥхаады нэһилиэгэр – Алексей Никитич Шарин
Мэҥэ нэһилиэгэр – Ньургун Владимирович Габышев.

Дьон эрэлин ылбыт баһылыктарга ситиһиилээх үлэни, талыллыбыт нэһилиэккит, улууспут салгыы сайдыытыгар биир санаанан үлэлиэхпит диэн бигэ эрэнэбин!, — диэн улуус баһылыга Дмитрий Тихонов ТГ-ханаалыгар иһитиннэрдэ.

ТАР5АТ: