Өрүү сакалаат, саахар эбэтэр суши сиэххин баҕарар буоллаххына…

Өрүү сакалаат сиэххин, кофе иһиэххин баҕарар буоллаххына, эйиэхэ магнийдаах бородуукта тиийбэт диэн исписэлиистэр этэллэр. 

Оттон наар саахардаах минньигэс  аһылыкка тардыһар буоллаххына, ол аата хааҥҥар саахарыҥ намыһах. Маны корицанан, имбиринэн солбуйуохха сөп.

Туустаах  балык, оҕурсу, суши сиэххин баҕараҕын  —  сылайаҕын  уонна уугун хаммаккын. Онон  элбэх ууну иһиэхтээххин, салгыҥҥа үгүстүк сылдьыахтааххын.

Арыылааҕы-сыалааҕы сиэххин баҕарар буоллаххына, элбэх балык, сымыыт, оливковай арыы, авокадо, эриэхэ сиэхтээххин.  Аһылык — киһи доруобуйатын төрдө.

ТАР5АТ: