Элбэх оҕолоох дьоҥҥо биир кэлим босуобуйаны ылыыны судургутутуохтара

Ыам ыйыгар олоххо кэккэ сокуоннар киирээри тураллар. Онтон биирдэстэринэн биир кэлим босуобуйа буолар.

Ыам ыйын 22 күнүттэн үстэн элбэх оҕолоох төрөппүттэр единэй босуобуйаны, өскөтүн биир киһиэхэ тэҥнэһэр орто дохуоттара эрэгийиэн алын тиийинэн олорор кээмэйин ааспыт даҕаны буоллаҕына, өссө биир сыл уһаттарыахтарын сөп. Ол гынан баран  тиийинэн олорор алын кээмэйтэн 10 бырыһыан үрдүө суохтаах.

Объясняем.РФ суруйарынан, маныаха Социальнай пуонда быйыл элбэх оҕолоох ыалга аккаастаабытын “автоматически” хаттаан көрөн, төлөбүр оҥоруоҕа. Ол кээмэйэ – хас биирдии оҕоҕо тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн 50%. Онон быйыл биир кэлим  босуобуйаны ылар элбэх оҕолоох ыал ахсаана элбиэҕэ диэн этэллэр.

 

 

ТАР5АТ: