Үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ ханнык чэпчэтиилэр баалларый?

Үлэлиир биэнсийэлээхтэр элбэх чэпчэтиинэн туһаналлар. Ол иһигэр диспансеризацияны ааһарга төлөнөр күннэр, эбии уоппуска уонна нолуок чэпчэтиилэрэ киирэллэр диэн Госдуума дьокутаата Алексей Говырин РИА Новости иһитиннэрдэ.

«Үлэлиир биэнсийэлээххэ элбэх чэпчэтии баар, ол эрээри көрүҥнэрэ биэнсийэ көрүҥүттэн, киһи сааһыттан, олорор эрэгийиэниттэн, дохуотуттан уонна эбии статустарыттан тутулуктаах», — диэтэ Говырин.

Дьокутаат быһаарбытынан, биэнсийэлээх сылга 14 халандаарынай күҥҥэ диэри хамнаһа суох уоппусканы ылар бырааптаах. Үлэ биэрээччи суругунан сайабылыанньанан маннык уоппусканы булгуччу биэриэхтээх.

Биэнсийэ эбиллиитэ уонна индексация

Дьокутаат санатарынан, страховой биэнсийэ киһи үлэлиир да кэмигэр төлөнөр. Оттон 2025 сылтан үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ сыл аайы ыытыллар индексация төттөрү төннөр. Маны таһынан, атырдьах ыйыттан биэнсийэни ааспыт сыллааҕы страховой төлөбүрдэри учуоттаан эбии ааҕаллар. Эбиллии кээмэйэ официальнай хамнастан уонна биэнсийэ коэффициеныттан тутулуктаах.

«Үлэттэн уурайбытын кэннэ, 2016–2024 сылларга ааспыт индексациялар барыта учуоттаналлар, онон ыйдааҕы төлөбүр кээмэйэ улаатар. Оттон киһи официальнайдык үлэлиир кэмигэр, тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр диэри төлөнөр социальнай эбии төлөбүр тохтотуллар. Ону тэҥэ, сааһынан социальнай биэнсийэ үлэлиир кэмҥэ эмиэ төлөммөт», — диэн кэпсээтэ Говырин.

Диспансеризация

Диспансеризацияны ааһарга эмиэ туспа мэктиэ көрүллэр: сааһынан эбэтэр үлэлээбит ыстаастарынан биэнсийэҕэ олорор дьон сылга биирдэ икки төлөнөр үлэ күнүн доруобуйаларын көрдөрөргө ылыахтарын сөп. Күнүн үлэ биэрээччини кытта сөбүлэһэн быһаараллар. Ити кэмҥэ үлэһит миэстэтэ уонна орто хамнаһа оннунан хаалар.

Нолуок чэпчэтиилэрэ

Дьокутаат бэлиэтээбитинэн, биэнсийэлээх үлэлиириттэн федеральнай нолуок чэпчэтиилэрэ тохтооботторр: хас биирдии көрүҥтэн биирдии эбийиэккэ (холобур, биир кыбартыыраҕа, биир олорор дьиэҕэ уонна биир гарааска) нолуогу төлөөбөт буолуохха сөп.

Ону таһынан, сир нолуогар алта суотайга диэри чэпчэтии көрүллэр, оттон тырааныспар нолуогар бүтүн дойду үрдүнэн биир кэлим чэпчэтии суох — усулуобуйаны эрэгийиэн бэйэтэ олохтуур. Үлэлиир биэнсийэлээх хамнаһыттан уопсай быраабыланан нолуок тутуллар, онон кини эмтэниигэ, үөрэххэ, дьиэ атыылаһыытыгар уонна ипотека бырыһыаныгар нолуок вычетын ылар толору бырааптаах.

Хомунаалынай төлөбүрдэр

«Хомунаалынай өҥө төлөбүрүн чэпчэтиитэ киһи ханна олороруттан уонна дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуктаах. Дьиэ-уот ороскуота улахан буоллаҕына субсидия оҥотторуохха сөп, манна биэнсийэ, хамнас уонна дьиэ кэргэн атын да дохуоттара ааҕыллар», — диэн быһаарда кини.

Говырин эбэн эппитинэн, 70 уонна 80 саастарын ааспыт дьоҥҥо хапытаалынай өрөмүөҥҥэ төлөбүрү чэпчэтии сүрүннэн үлэлээбэт дьоҥҥо эрэ көрүллэр, онон официальнайдык үлэлиир дьон мантан маталлар.

«Айаҥҥа, тиис оҥотторуутугар, эми-тому атыылаһыыга, төлөпүөн сибээһигэр уонна сорох хомунаалынай өҥөлөргө чэпчэтиилэр эрэгийиэнтэн эбэтэр киһи эбии статуһуттан (холобур, инбэлиит эбэтэр бэтэрээн) тутулуктаахтар. Чэпчэтиилэр толору испииһэктэрин мэлдьи киһи регистрациялаах сиринэн, биэнсийэтин көрүҥүнэн уонна дьиэ кэргэнин туругунан быһаараллар», — диэн түмүктээтэ бэлиитик.

ТАР5АТ: