Дьиэни атыылаһыыга нолуоктан толуйууну муҥутуур кээмэйин 8 мөл. солк. диэри үрдэтэргэ этии киирдэ

«Билигин кыбартыыраны атыылаһыыга нолуоктан толуйуу муҥутуур кээмэйэ 2 мөл. солкуобай буолара хамсаабат баай-дуол дьиҥнээх сыанатыгар эппиэттээбэт, онон 8 мөл. солкуобайга диэри үрдэтиэххэ наада», — диэн Госдуумаҕа Тутууга уонна дьиэ-уот, хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Аксененко  ТАСС ааҕыныстыбаҕа санаатын үллэһиннэ.

«Нолуоктан толуйуу туһунан эттэххэ, ити саҥа эбэтэр эргэ дьиэни атыылаһартан тутулуга суох: хайатын да атыыластахха, харчыны төннөрүөххэ сөп. Ол эрээри 2 мөл. солкуобай муҥутуур кээмэйэ кыбартыыра билигин баар дьиҥнээх сыанатыгар эппиэттээбэтэҕэ ыраатта. Бу дьиэ кэргэн олорор дьиэни атыылаһарыгар ороскуотун биллэ намтатыан сөптөөх туспа өйөбүлэн буолар», — диэн дьокутаат эттэ.

Билиҥҥи лимииттэр 2014 сылтан үлэлииллэр. Баайга-дуолга нолуоктан толуйуу муҥутуур кээмэйэ кыбартыыраны атыылаһыыга эбэтэр дьиэни тутууга 2 мөл. солкуобайга, оттон ипотека бырыһыаныгар 3 мөл. солкуобайга тэҥнэһэр. Онон киирэр дохуоттан 13% нолуогу төлүүр буоллахха, төлөммүт нолуоктан сөп түбэһиннэрэн 260 тыһ. солкуобайы уонна 390 тыһ. солкуобайы төнүннэриэххэ сөп.

Баайга-дуолга нолуоктан толуйуу бырааба киһиэхэ олоҕор биирдэ бэриллэр: дьиэни атыылаһыы түбэлтэтигэр — хас кыбартыыра атыылаһыллыбытыттан тутулуга суох, 260 тыһ. солкуобай харчы барыта төннүөҕэр диэри, оттон ипотека бырыһыаныгар — 390 тыһ. солкуобайга диэри төннөрүллүөн сөп, ол эрээри биир эрэ хамсаабат баайга-дуолга көрүллэр.

ТАР5АТ: