Айсен Николаев «Көмө хайаан да оҥоһуллуоҕа»

Саха сиригэр халаантан эмсэҕэлээбит тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларыгар көмө хайаан да оҥоһуллуоҕа, диэн Ил Дархан бүгүн «Якутия, вперед!» биэрии  кэмигэр иһитиннэрдэ.

Отт ыйын устата Саха сиригэр  ардахтан халааннаан, балаһыанньа кытаатта сырытта. Бүгүҥҥү күҥҥэ халаан муҥутуур чыпчаала ааста. Билигин миэстэтигэр хоромньуну  ааҕыы, чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ ыытыллаллар. Бу туһунан биэрии кэмигэр Айсен Николаев бэлиэтээн эттэ.

«Көмө хайаан да оҥоһуллуоҕа. Ол курдук, биһиги бөдөҥ бырамыысыланнай хампаанньалары бу боппуруоһу быһаарыыга кыттыһарга уонна эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэлээх пууннарга, тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларыгар көмөлөһөргө көрдөһүөхпүт. Ардах халаанынан сибээстээн саамай ыарахан быһыы-майгы Үөһээ Дьааҥы улууһугар үөскээтэ. Ону сэргэ өрөспүүбүлүкэ атын улуустарыгар тыа хаһаайыстыбатын сирдэрэ эмсэҕэлээтилэр. Холобур, Сунтаарга, ону тэҥэ Өлүөнэ өрүс кытылыгар сытар улуустарга. СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин чахчыларынан, 26 тыһыынча гектар кэриҥэ тыа хаһаайыстыбатын сирэ эмсэҕэлээтэ», — диэтэ Айсен Николаев.

ТАР5АТ: