Болугур олохтоохторо Өймөкөөн улууһугар көмөлөһөллөр

Халаантан улаханнык эмсэҕэлээбит Өймөкөөн улууһугар өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан көмө салҕанар.

Иэдээҥҥэ түбэспиттэргэ Саха сирин олохтоохторо бүттүүн көмөлөһөллөр. «Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ» диэн мээнэҕэ эппэттэр, саха норуота иэдээҥҥэ сомоҕолоһор, түмсэр үтүө үгэстээх.

Өймөкөөн улууһугар Чурапчы улууһун дьоно-сэргэтэ күн аайы көмөтүн  улуус дьаһалтатыгар аҕалан туттара турар. Ол курдук, бүгүн Болугур нэһилиэгин баһылыга Руслан Васильев биир дойдулаахтарын көмөтүн аҕалан улуус дьаһалтатыгар туттарда.

ТАР5АТ: