ХААРТЫСКА: далырдар 200-тэн тахса арбуһу хомуйдулар

Бүгүн социальнай ситимҥэ Үөһээ Бүлүү улууһугар оҕуруоттарыттан арбуз  бөҕөтүн хомуйбут ыал хаартыскалара тарҕанна.

Ол курдук Далыр олохтооҕо Розалия Семенова төлөпүөнүн булан сибээстэһэ сырыттыбыт.

Кыралыын-улаханныын  200-тэн тахса  арбуһу хомуйдубут. Сороҕо тэпилииссэҕэ турар. Тэпилииссэҕэ олордубут арбузпутун от ыйыттан сии олоробут, — диэн кэпсээтэ.

ТАР5АТ: