Сордоҥ туһунан интэриэһинэй чахчылар

Саха сирин сордоҥо – бу Саха сирин өрүстэригэр уонна күөллэригэр олохсуйбут көннөрү сордоҥ. Уратыта диэн, бөдөҥ кээмэйдээх уонна тыйыс килиимэттэн чиҥ эттээх.

○ Бөдөҥ балык уһуна 1,5-2 миэтэрэҕэ тиийэр уонна 20-25 киилэ ыйааһыннаах буолар. Ол эрээри сорохторо  өссө бөдөҥ буолаллар.

○ Саамай элбэх ахсааннаах сордоҥ Дьааҥы-Индигиир күөллэригэр уонна Халыма эргин бэлиэтэммит.

○ Хотугу тыйыс усулуобуйаҕа балык бытааннык улаатар, ол эрээри 30 сыл да олоруон сөп.

○ Сордоҥ элбэх тиистээх, олор сыҥааҕар эрэ буолбакка, тылыгар, бэл, күөмэйигэр кытта көстөллөр. Тиистэрэ куруук үүнэр.

○ Атын балыгынан аһылыктанар. Саас уонна сайын Саха сирин сордоҥноро кустары, хаастары бултаһаллар.

 

ТАР5АТ: