Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2026 сыл алта ыйыгар социальнай хантараакка олоҕурбут социальнай көмө 938 дьиэ кэргэҥҥэ уонна соҕотоҕун олорор дьоҥҥо оҥоһулунна. Өйөбүл бу үнүстүрүмүөнэ көдьүүстээҕин көрдөрөр.
СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, бу кыра дохуоттаах дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарар дьаһаллартан биир дьайыылаахтара РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Дьиэ кэргэн” национальнай бырайыагын чэрчитинэн олоххо киллэриллэр.
Социальнай хантараак дьон олоҕун уларытар чаҕылхай холобурунан Уус Алдан улууһун олохтооҕо Надежда Егорова устуоруйата буолар. Элбэх оҕолоох ыал ийэтэ уонна байыаннай дьайыы бэтэрээнин кэргэнэ улахан эппиэтинэһи эрэйэр балаһыанньаҕа түбэспитэ.
«Мин кэргэним ытык иэһин көмүскүү барбытыгар миэхэ икки төгүл эппиэтинэс сүктэриллибитэ. Мин саҕалыыр хапытаалым суох этэ, ол эрэ үлэлиэхпин баҕарар уонна ураты санаалаардаах этим”, — диэн Надежда Егорова кэпсиир.
Социальнай көмүскэл уорганнара бириэмэтигэр ылыммыт быһаарыыларынан, Надежда наадалаах тэриллэри атыыласпыта. Онон билигин кини бастакы баҕа санаата дьиэ кэргэн ситиһиилээх биисинэһигэр кубулуйда.
«Социальнай хантараак – үп-харчы эрэ буолбатах. Бу эйиэхэ “балыгы” бэйэтинэн буолбакка, “мэҥиэ “быраҕар социальнай лиип. Эн тыа сиригэр да олорор буоллаххына бэйэҕин итэҕэйэргэр кыаҕы биэрэр. Мин судаарыстыбаҕа уонна бэйэм дьиэ кэргэммэр өйөбүллэрин иһин махтанабын. Бэйэҕит күүскүтүгэр эрэниҥ уонна дойдубут биэрэр кыахтарын туһаныҥ”. – диир Надежда Егорова.
Отчуоттуур кэм иһигэр бырагырааманы үбүлээһин уопсай кээмэйэ 223,8 мөлүйүөн солкуобай буолла, онтон 201,7 мөлүйүөнэ федеральнай бүддьүөттэн бэриллибитэ. Бу үп олоххо-дьаһахха чопчу соруктары толорууга тыырыллыбыта:
Үлэни көрдөөһүн: 206 киһи 23,3 мөлүйүөн солкуобайы ылла;
Биирдиилээн урбаанньыт: 404 киһи бэйэ дьыалатын саҕалыырыгар 152,2 мөлүйүөн суумалаахъ өйөбүлүнэн туһанна;
Тус хаһаайыстыба: 102 киһи 25,3 мөлүйүөнү тыа хаһаайыстыбатын сайыннарарга тутунна:
Олох ыарахан балаһыанньатыттан тахсыы: 203 киһи араас хайысхаларга туһанарыгар 18,9 мөлүйүөнү ылла.
Аадырыстаммыт көмөлөр: доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо көмө оҥоһулунна (11 киһиэхэ — 3,5 мөлүйүөн солкуобай) уонна “Сылаас дьиэ” бырагыраама олоххо киллэрилиннэ (12 киһиэхэ — 0,6 мөлүйүөн).
Саҥа хантараактары түһэрсэргэ үлэ салҕанар.
«Биһиги социальнай хантараагы түһэрсии хаамыытын улаханнык судургутуттубут. Онуоха элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ улахан суолта бэриллэр. Билигин социальнай хантараакка сайабылыанньаны судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларын нөҥүө (аҕыйах докумуонунан) биэриэххэ сөп. Бу дьаһалы өссө кэҥэтиэхпит”, — диэн Владимир Путин эрдэ этэн турар.
СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата