Саха балаҕанын арчылыыр иччилэр

Былыр саха киһитэ орто дойдуга этэҥҥэ олороругар, дурда-хахха оҥосторугар бэрт элбэх иччилээх-айыылаах эбит. Саха саныырынан, “иччи” киһи курдук дьүһүннээх, тыллаах-өстөөх, үтүөнэн эрэ салайтарар. Ол эрээри, киһи кэлэттэҕинэ, араас ыарыыны ыытар.

Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу норуоттар кыһалҕаларын чинчийэр институт Интеллектуальнай устуоруйаҕа уонна култуураҕа киинин ыстаарсай научнай сотруднига, устуоруйа билимин хандьыдаата Наталья Данилова саха киһитин бу ураты көрүүлэрин, итэҕэлин оччотооҕу олоҕу-дьаһаҕы кытта хайдах аттарбытын “Традиционное жилище народа саха. Пространство. Дом. Ритуал.” диэн бэрт интэриэһинэй ис хоһоонноох кинигэтигэр сырдаппыт. Онтон быһа тардан көрүөххэ.

Үөһэттэн үргүөрдээҕин, аллараттан аргыардааҕын быһыытынан

Дьиэни тутталларыгар сахалар туохха бастаан болҕомтолорун уураллар эбитий? Бастатан туран, аһаҕас, улуу, сүүрүктээх үрэхтээх аһаҕас сирдэри уонна ойуур быыһын туора хаамаллара. Улуу сирдэри үөһээ дойдуттан анаан-минээн көрө-истэ түһэллэрин быһыытынан, манна элбэх биллиилээх дьоннор, күүстээхтэр, быһыйдар төрөөн-үөскээн ааһаллара. Дэлэҕэ да, сахалар “Ааттаах сиргэ улуу баайдар олороллор” диэхтэрэ дуо? Ол эрээри, үөһээҥҥилэрдиин алтыһар үргүөрдээҕин быһыытынан, маннык сиргэ олорор дьон кинилэри манньытан, “кыйдыы” сиэрин-туомун толороллоро. Өскөтө кыйдаммыт сылгылар төттөрү төннөн кэллэхтэринэ, айыылар манньаны ылбатахтар диэн куһаҕан битинэн ааҕыллара.

Аартыкка — үөһээҥҥилэр-алларааҥҥылар киирэр-тахсар сирдэригэр, ойууннар охсуспут, ойуун айалаах, көмүллэ сытар, улахан хаан тохтуулаах кыргыһыы буолбут сирдэригэр дьиэ туттар эмиэ сатаммата. Булгунньахха, улахан мастар аттыларыгар эмиэ туттубаттара, бу сир дьолун, күүһүн балар ылан тураллар диэн буолара. Сир тыына хайдаҕын билэргэ инчэҕэй тирии лоскуйун эбэтэр үтэһэлээх эти батары анньаллара. Өскөтө эт түргэнник сытыйдаҕына, аанньата суох тыыннаах сир диэн аатырара.

Онон дьиэни туттарга бүтэй сири көрдүүллэрэ. Биттээх-түүллээх, ичээн дьону аҕалан хоннороллоро. Сороҕор ойууну да кыырдараллара. Алаас кини хараҕын уотугар түбэспэтэх буоллаҕына, үчүгэй сиринэн ааҕыллара. Ол кэннэ балаҕан туттарга “дьоллоох” сири көрдүүллэрэ, түөрэх үстэ олоро түстэҕинэ үчүгэй битинэн ааҕыллара. Сороҕор хатырык хааллараллар эбит, онно кымырдаҕас, үөн-көйүүр мустубут буоллаҕына эбэтэр дьиэ аттыгар кымырдаҕас оргула баара үчүгэйгэ киирсэрэ. Түөрэх түспүт сиригэр мас анньан бэлиэ оҥороллоро итиэннэ балаҕан түөрт баҕаната бу мас тула төгүрүччү түһэрэ. Ардыгар ойуун тайах маһын анньан, бу сири иччилиирэ. Эбэтэр сэрэбиэйдьити батыһыннара сылдьан хаарты түһэртэрэллэрэ. “Дьоло суох” диэн көрдөрдөҕүнэ, атын сиргэ көһөллөрө.

Дьиэрдэ Бахсыны олохсутар туһугар

Дьиэ тутуутун саас саҕалыыллара. Аан бастаан соҕуруулуу-арҕаа баҕананы — Тойон баҕана оннун хаһаллара. Бу дьиэ саамай ытыктанар өттө диэн буолара. Онно сылгы сиэлин угаллара. Атын дьаамаларга эмиэ сылгы сиэлин, алтан харчыны угаллара — бу барыта баайы-дуолу тардыы сиэрэ этэ. Түөрт баҕана онно хаһылынна да, дьиэ иччилэрэ үөскүүллэр диэн буолара. Баҕаналарын туруоран баран, ол ортотугар дьиэ иччитэ Дьиэрдэ Бахсыга анаан, аймах ытык кырдьаҕаһа сүөһү этин бары чааһыттан ылан уокка бэрсэрэ. Кэлин уокка суорат, сиэл биэрэр буолбуттара. Дьиэ өһүөтүн таһаарыы ыал олоҕун түстүүр улахан сиэр-туом буолара. Онон уустар мээнэ саҥарыа, тыллаһыа суохтаахтара. Өһүө таһаара сылдьан, киһи эчэйэрэ куһаҕан битинэн ааҕыллара. Балаҕан тутта сылдьан, туох эрэ оччото суох быһыы таҕыстаҕына үлэлэрин тохтотон, атын сиргэ көһөллөрө.

Бастаан Уот иччитэ билиэхтээх

Оһоҕу оҥоруу диэн саҥа дьиэни иччилиир биир улахан дьоһуннаах хардыынан буолара. Көмүлүөгү туруоран баран сыбыахтарын иннинэ холумтан оннугар куобах төбөтүн, сүрэҕин, тыҥатын уураллара уонна: “Куобах саҥыйаххын тиэрэ кэт, куобах ыстааҥҥын тиэрэ кэт, куобах этэрбэскин тиэрэ кэт, куобах үтүлүгүҥ, бэргэһэҥ, моойторугуҥ бу баар!” — диэн баран туойунан сыбаан кэбиһэллэрэ. Ити уот иччитин, чуолаан, бу дьиэҕэ олохсутуу, дьиэлээхтэри кытта билиһиннэрии сиэрэ-туома буолара. Саҥа уоту оттуу эмиэ уратылаах. Маһы маска аалан саҥа уоту оттоллоро эбэтэр баай ыалтан уоттаах чоҕу ылан, байылыат олохтон бэриһиннэрэллэрэ. Сахаҕа уот иччитин суолтата сүрдээх улахан. Оҕо төрөөтөҕүнэ, бастаан уот иччитигэр көрдөрөллөр, сүүһүн чоҕунан сотоллор. Кийиит кыыс киирэригэр уол уонна кыыс дьоно уот саҕар туому толороллор: үөлэһинэн уонна аанынан уоттаах чохтору быраҕаттыыллар. Ол аата уот уонна дьиэ иччилэрэ саҥа киһини бэйэлэрин киһилэрин курдук ылынныннар диэн. Ыалдьыт киирэн саҥата суох тарбахтарын саратан уокка көрдөрөр, ол аата или-эйэни кытта кэллим диэн. Оттон өлөрө-өһөрө, уоттарын умуора, күллэрин ыһа кэлбиттэр, киирээт да тута үҥүүнэн уоту булкуйаллар, ол аата, аан бастаан бу дьиэ уотун иччитин өлөрөллөр.

Эркинниин, муннуктуун барыта суолталаах

Саха балаҕанын эркиннэрэ, муннуктара барыта тус-туспа суолталаахтар. Ол курдук, киһи өллөҕүнэ, манан өлүү суола аһыллар диэн, өлбүт киһини дьиэ арҕаа эркинигэр сытыараллар. Бу эркиҥҥэ Баха таҥараны, түктүйэни ыйыыллар. Ойуун арҕаа эркиҥҥэ ортоку ороҥҥо олорор. Хоту өттүнэн (оҕо-дьахтар сылдьар сиригэр) айыыһыт суолланар, төрүүр дьахтар хоту муннукка оҕолонор. Ыал оҕолонумаары гыннаҕына балаҕан хоту өттүгэр Айыыһыт сэргэтин туруораллара. Кыыс хаппахчыта эмиэ бу диэки баар. Соҕуруулуу-арҕаа муннук балаҕан бастыҥ миэстэтэ. Онно бастыҥ орон турар, дьиэ аҕа баһылыга эбэтэр улахан ыалдьыт олороллор. Манна мэкчиргэ чуучулатын, эһэ баппаҕайын, бөрө тиистэрин ыйыыллар. Эмиэ бу муннукка сандалы сандааран турар.

Дьиэ өссө биир сүрүн малларынан үөттүрэх уонна миинньик буолаллар. Абааһыны дьиэҕэ киллэримээри, олору аан модьоҕотун икки өттүгэр уураллар, аан ойоҕоһунан үөһээ сылгы сиэлин ыйыыллар.

Балаҕаны уҥа-хаҥас диэҥҥэ араарыы үксүн улахан дьиэлээх сэниэ, баай дьоҥҥо баара. Дьиэ уҥа өттүгэр оҕо-дьахтар мээнэ тахсыбата, арай хотун дьахтар эрэ уот иннигэр ас астыыра, сандалыга ас түҥэтэрэ. Кийиит наар дьиэ хаҥас өттүгэр сылдьара, аһы бэлэмнээн эрэ биэрэрэ, хотун өллөҕүнэ эбэтэр көҥүллээтэҕинэ биирдэ ас астыыр, уҥа дьиэҕэ сылдьар бырааптанара.

Абыраллаах иччилэр

Тиэргэн, күрүө-хаһаа эмиэ иччилээхтэрэ. Тиэргэн иччитэ Элэс Баатыр, күрүө иччитэ Көөкөнөй Тойон диэн ааттаахтар. Элэс Баатыр дьонун араҥаччылыыра, куһаҕан тыыны киллэрбэтэ.

Дьиэ иччититтэн ураты хотон иччитэ Ньаадьы Дьаҥханы саха эмиэ сүрдээҕин ытыктыыр. Хотоҥҥо киһи тыыннаах буолар кэскилэ, баайа-дуола — ынах сүөһүтэ турдаҕа. Ол сайылыкка, кыстык дьиэҕэ көһүүгэ чуолкайдык көстөр. Көһүүгэ аан бастаан эр киһи салгыны хайытан барар. Атыттар кини кэнниттэн аттаналлар. Эр киһи инники тиийэн да баран дьиэҕэ киирбэккэ, тас өттүгэр сылдьар. Дьахталлар алааска салама баайаллар, сиэр-туом оҥороллор, ол кэннэ дьиэлээх хотун хотоҥҥо киирэн, Ньаадьы Дьаҥханы суоратынан айах тутар. Хотон сүрүн баҕанатын үөһээ өттүн ыһыахтыыр, туоска, сэбирдэххэ сороҕор үрүҥ сылгы сиэлигэр арыыны суулаан хотон муннугар уурар. Ол кэнниттэн биирдэ дьиэҕэ киирэллэр.

Сэргэ саха олоҕор, итэҕэлигэр биир ураты миэстэни ылар. Сэргэ иччитин Хаан Түһүмэл эбэтэр Түһүмэл Тойон диэн ааттыыллар. Сэргэ маһын саас суоран киллэрэллэр, туруорар сирдэрин хаһан баран, түгэҕэр арыыны, сылгы сиэлин угаллар. Сэргэ хаһан бэйэтэ эмэҕирэн сууллуоҕар диэри туруохтаах, суулуннаҕына ойуурга таһааран, баай тииккэ өйөннөрө ууран кэбиһэллэр.

 

ТАР5АТ: