СҮБЭҺИТ: Йодомарины уһуннук иһэр туһалаах дуу, буортулаах дуу?

Хас биирдии Арассыыйа олохтооҕо күн аайы сууккаҕа нуорма дьуотун иһиэхтээх диэн миэдиктэр бэлиэтииллэр. Дьуот — олус туһалаах микроэлемент. Бүтүн эт-сиин, ис турук үлэтигэр көмөлөөх.

Арассыыйаҕа оҕо бырааһа Виолетта Бурдакова бэлиэтииринэн, дьуоту анаалыс туттаран баран иһиэхтээхпит. Өскөтүн, иһэ сылдьар битэмииммитигэр дьуот суох буоллаҕына, туспа атыылаһан иһиэхтээхпит. Киһи дьуоту сүрүннээн  аһылыгы уонна ууну кытта ылар. Эккэ-сииҥҥэ дьуот тиийбэтин хайдах быһаарабыт?

-Куртах, оһоҕос өрүү ыалдьар буоллаҕына;

-Сотору-сотору дьаҥҥа хаптаран тумуулуур буоллахха;

-Түргэнник сылайар, ууну хаммат буоллахха;

-Дьуот тиийбэтиттэн анемия эмиэ үөскүөн сөп. Кубарыйыы, сэниэтэ суох буолуу, төбө ыарыыта.

 

Дьуота аһара элбээбит киһи айаҕар тимир амтана кэлиэн сөп. Сүрэҕэ көбүөн, кыраадыһа тахсыан сөп. Ардыгар тиис алдьаныан, баттах түһүөн сөп.

Онон хонтуруола суох дьуоту (йодомарин) мээнэ иһэр сэрэхтээх.

ТАР5АТ: