Өрөспүүбүлүкэ борокуруора эрдэ сууттана сылдьыбыт Дьокуускай куорат олохтооҕор, Холуобунай кодекс 111 ыст. 4 ч. тэриллибит холуобунай дьыалаҕа судаарыстыбаннай буруйдааһыны өйөөбүт.
Суут быһаарбытынан, 2025 сыл сэтинньитин бүтүүтэ сууттанааччы дьиэтигэр билэр дьахтарын ыҥырбыт. Бииргэ арыгылаан баран этиспиттэр, устунан күөдьүйэн барбыт. Ол кэмҥэ эр киһи илиитинэн, ону тэҥэ, сүгэнэн 13-тэн итэҕэ суох дьахтары ханна түбэһиэх охсуолаабыт. Ылбыт эчэйиилэриттэн дьахтар сотору буолан баран тыына быстыбыт.
Сууттанааччы буруйун билиммит, эрдэ, 2014 сыллаахха эмиэ ити курдук буруйу оҥорон, 8 сыл хаайыыга сыта сылдьыбыт.
Иккистээн буруйу оҥоруута кутталлаах диэн, судаарыстыбаннай буруйдааччы көрүүтүн учуоттаан, суут эр киһи көҥүлүн 1 сыл 9 ыйга хааччахтаан туран, 11 сыл ураты эрэсиимнээх холуонньаҕа көҥүлүн быһарга диэн быһаарбыт. Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик диэн СӨ борокуратууратын МАХ ханаалыгар суруйаллар.