Нуучча Уйбаан — Саха сирэ

Булт – саха киһитин төрүт дьарыга. Биһиги өбүгэлэрбит былыр булдунан аһаан-таҥнан,  кыһыҥҥы томороон тымныыны тулуйан  кэллэхтэрэ эбээт! Ол эрэн, булт умсулҕаныгар сүрэхтиин-быардыын ылларыы, Баай Байанайы таҥара оҥостон үҥүү киһи аайы бэриллибэт.

Мэҥэ Хаҥаласка II Наахара нэһилиэгэр төрөөн-үөскээн, киһи-хара буолан, 13 оҕону төрөтөн атахтарыгар туруорбут сэрии, үлэ бэтэрээнэ,
Саха АССР үтүөлээх булчута, «Үлэ Албан аата» уордьан кавалера Никаноров Иван Николаевич туһунан урут суруллубута буолуо эрээри, тус бэйэм кини туһунан ахтан-санаан ааһыахпын баҕардым.

1972 сыллаахха Наахара орто оскуолатыгар учууталынан ананан тиийбиппэр, отуттан тахса оҕолоох сэттис кылаа­һы туттаран кэбистилэр. Үлэбин кылааһым оҕолорун олохторун-дьаһахтарын, төрөппүттэрин кытта билсиһииттэн саҕалаатым. Кылааспар убайдыы-бырааттыы Ваня, Пана Никаноровтар диэн уолаттар бааллара. Биир үтүө күн уолаттарбын батыһан кинилэр дьиэлэригэр тиийдим. Арай дьиэҕэ киирбитим – оһох аттыгар биир улахан баҕайы нуучча киһитэ олорор. Дорооболостум, кэлбит сыалбын-сорукпун эттим. Бу нууччалыы көрүҥнээх киһи Иван Николаевич Никаноров, Ванялаах Пана аҕалара эбит.

Ити курдук билсэн турабын, булчут Уйбааны кытта (кини өссө биир норуокка биллэр аата Нуучча Уйбаан диэн).

Ол кэмтэн ыла бу улахан дьиэ кэргэни кытта мин сибээспин быспаппын. Булчут Уйбаан улахан уола Иван Ивановичтыын ыаллыы олорбутум 38 сыл буолла, 8 оҕотун, 5 сиэнин оскуолаҕа нуучча тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр үөрэттим. Иван Николаевиһы кэргэним Григорий Николаевич настаабынньыгым диэн ааттыыра, элбэхтик от-мас үлэтигэр бииргэ алтыспыттара.

И.Н. Никаноров булт соноругар олоҕун 44 сылын анаабыта. Ити сыллар усталаах-туораларыгар төһөлөөх тоҥмута-хаппыта буолуой?! Төһөлөөх элбэхтэ өлөр-тиллэр мөккүөрүгэр киирэн тахсыбыта буолуой?! Ону кыайа аахпаккын. Этэргэ дылы, кини дьиҥнээх эр бэрдэ, киһи гиэнэ аҕыс кырыылааҕа буолан булт араас моһоллоруттан, олох араас эриирдэриттэн кыайыы­лаах-хотуулаах тахсыбыт буолуохтаах. Сорсуннаах сонордьут Ийэ дойдутун «сымнаҕас көмүһүнэн» хааччыйыыга элбэх көлөһүнүн тохпута, күүһүн-уоҕун уурбута сыратын-сылбатын биэрбитэ.

Сэрии бэтэрээнэ Иван Николаевич өр сыллаах бэ­­йэни харыстаммат үлэтэ элбэх Бочуоттаах аатынан, наҕараадаларынан бэлиэтэммитэ. Ол эрээри кини саамай үрдүк наҕа­раадата – 13 оҕото, 29 сиэнэ, 40 хос сиэнэ. Уолаттара, сиэн уолаттара бары аҕаларын, эһээлэрин туйаҕын хатаран булчут бэртэрэ, сааһыт ааттаахтара. Бары даҕаны үлэни өрө туппут, Баай Байанайы таҥара оҥостубут дьон. Иван Николаевич өссө тыын­нааҕар иккис уола Павел Иванович
К.К. Байкалов аатынан сопхуоска кадровай булчут буолбута, лауреат аатын ылбыта. 8 уол бары Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспа­лаабыттара, буойун аҕаларын накааһын чиэстээхтик толорбуттара.

Иван Николаевич Үлэ Очуоһун хорсуннук дабайарыгар, сорсуннаах сонордьут буоларыгар кэргэнэ, олоҕун доҕоро Ксения Иннокентьевна өҥөтө тугунан да кэмнэммэт. Ийэ, хаһаайка ки­­һиэхэ булт соноругар тоҥор-хатар, үксүгэр үүтээҥҥэ олорор кэргэнин, 13 оҕотун итии аһылыгынан, түүлээх таҥаһынан хааччы­йыы, ол быыһыгар сүөһүнү көрүү манан аҕай дьыала буолбатах!

Ксения Иннокентьевна наһаа амарах дууһалаах, күлүүлээх-оонньуулаах барахсан этэ. «Алаадьы оҥордохпуна, икки тааһы толору оҥоробун. Тоҕо диэтэххинэ, биир таас алаадьым оҥоро турдахпына бүтэр. Оттон килиэби куулунан ыллахпына эрэ, икки хонукка нэһиилэ тиийэр», – диэн кэпсиирин өйдүүбүн.

Маннык үтүө кэргэннээх уонна иннигэр-кэннигэр сүүрэр ыччаттардаах буолан уос номоҕор сылдьар Булчут Уйбаан буоллаҕа!

Хаартыскаларга: Булчут
И.Н. Никаноров

Елена Прокопьева, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн