Оҕо эрдэххэ, таһырдьа оонньуу сылдьан “мультик кэллэ!” диэн ыҥырыыны иһиттэххэ, буут быстарынан дьиэ диэки сүүрэр буолуллар этэ. “Ну погоди!”, “Леопольд” курдук хамсыыр көрдөөх хартыыҥкалар дьоруойдарын дьонооҕор дьиҥнээх курдук ылынарбыт. Саха сиригэр уус-уран киинэни оҥоруу аан дойду таһымыгар чугаһыыр ускуустубаҕа кубулуйда. Оттон омос санаатахха, ханыылыы хайысха – анимация тоҕо биһиэхэ соччо сайда илигий? Санатар буоллахха, алтынньы 28 күнүгэр аан дойдутааҕы анимация уонна мультипликация ускуустубатын күнэ буолан ааста. Бу күҥҥэ сигэнэн дойдубутугар бу эйгэҕэ туох ситиһиилэр, хамсааһыннар баалларын санаан ылыаҕыҥ.
Сахалыы мультфильм баар дуо?
Хайдах суох буолуой, баар бөҕө буоллаҕа дии. Ол эрэн, “Сахалыы мультфильмы ааттаа эрэ?” диэн ыйытыыга ахсааннаах киһи тутатына хоруй биэриэ эбитэ буолуо. Бастакы сахалыы анимационнай киинэ ханнык этэй диэтэххэ, бу эйгэҕэ чугас да киһи чопчу эппиэти биэрэрин ыарырҕатыа. Холобур, “Союзмультфильм” устуудьуйаттан 2002 сылга тахсыбыт “Однажды” диэн ааттаах кылгас анимацияны “сахалыы мультик” диэххэ сөп – “Торбос уонна Тыһаҕас” диэн саха остуоруйатыгар олоҕурбут үлэ. Режиссер О. Потапова оҥорбут үлэтигэр икки булчут Алаа Моҕуһу албыннаабыттарын туһунан кэпсиир. Бу анимацияҕа сахалыы кылгас тыллар иһиллэллэр (сорохтор бу үлэни “били, “оннук” диир булчуттаах мультик” диэн өйдүүллэр), сахалыы матыыптаах муусука тыаһыыр. Ол эрэн, бу анимацияны дьиҥ сахалыы хартыына дииртэн элбэх киһи туттунуо эбитэ буолуо. Уруһуйдаммыт дьоруойдарын, эйгэтин саха култууратыгар добуочча ырааҕынан сыһыаннаах диэн сыаналыахха сөп.
Оттон “Гора самоцветов” Арассыыйа норуоттарын остуоруйаларын түмэр хомуурунньукка киирэр “Истигэнэ суох эһэчээн” (“Непослушный медвежонок”) аатыгар эрэ саха норуотун остуоруйатыгар олоҕурбут диэн суруллубут быһыылаах – биир бэйэм ити остуоруйаны эрдэ истибэтэҕим.
Бэйэбит аниматордарбыт
Саха анимациятын өр кэмҥэ сайыннара сатаабыт дьон үгүстэр. Холобур, саха киинэтин биир биллэр режиссера Константин Тимофеев хас даҕаны анимация үлэлэрдээх. Биир биллэр үлэтин, “Чыычаах уонна Моҕус икки» ролигы Ютубка 300 тыһыынчаттан тахса киһи көрбүт, харда суруктарыттан сылыктаатахха, дьон олус сөбүлээбит. Лэбээр чыычаах уонна көнөкөөн Моҕус туһунан остуоруйаны, дьэ дьиҥ чахчы сахалыы мультик диэххэ сөп. Ол эрэн, Константин бу үлэтин тохтоппута ыраатта – үп өттүгэр кэскилэ суох дьарык диэн билинэн, саатар өйөбүл да көстүбэт диэн биллэрбитэ.
2000-с сылларга анимационнай сценаристар үрдүкү куурустарын бүтэрэн кэлбит Роберт Лабидас (“Собо уонна бырдах”, “Круговорот”) эмиэ өр кэм устата өйөбүл көрдөөн сүүрэ сатаан баран үлэтин тохтоппута. “Олус элбэх үлэни уонна бириэмэни ирдиир үлэ. 15 мүнүүтэ усталаах үчүгэй анимацияны оҥорор туһугар кырата 3 мөлүйүөн солкуобай ирдэнэр. Дьиҥэр, саха фольклора олус дириҥ, баай, үлэлиир киһи олус элбэҕи оҥоруохха сөп этэ” диэн курутуйан этэн турардаах.
Дьэ ити курдук. Бэйэтин кэмигэр бэрт элбэх талааннаах худуоһунньук бу эйгэҕэ үлэлэһэн көрбүт. «Таал-таал эмээхсин» остуоруйаны режиссер Зинаида Борисова, аниматордар Анджелика Евдокимова-Ефремова, Николай Ефремов оҥорбуттара, «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» остуоруйаны Сардаана Иванова уонна Анатолий Кириллин режиссердаан, Ариана Куличкина, Алексей Татаринов уруһуйдаан хамсаппыттара, “Алаа Моҕус уонна Току чыычаах” остуоруйаны Светлана Сивцева уонна Ариана Куличкина оҥорбуттара. Ол да буоллар, биирдэрэ даҕаны салгыы бу хайысхаҕа үлэлээбэтэхтэрэ.
Хомойуох иһин, хапытаал үйэтигэр барыс киллэрбэт үлэ сайдар кэскилэ суох. Арай туох эрэ атын өттүттэн хамсатар күүс көһүннэҕинэ, туох эрэ сайдыы барыах курдук.
Толору кээмэйдээх “Дьулуруйар Ньургун Боотур”
Бу хайысхаҕа биир күүстээх сананыынан биир чаас кэриҥэ усталаах “Дьулуруйар Ньургун Боотур” анимация буолбута, Саха сиринээҕи муусука уонна фольклор мусуойа оҥорбута. Саамай биллэр олоҥхону хамсыыр сэһэн оҥорууну мусуой “видео экспонат” быһыытынан сыаналыыр. Ол иһин хартыынаны аан бастаан атын омук тылларыгар тылбаастаан таһаарбыттара – английскайдыы, ньиэмэстии, кытайдыы, дьоппуоннуу уонна кэриэйдии саҥардыбыттара. Тылбааһы ХИФУ учууталлара оҥорбуттара, саҥатын, тыаһын-ууһун култуура кэллиэһин оҕолоро оҥорбуттара. Бу үлэҕэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин I солбуйааччы Александр Жирков үбүнэн көмөлөспүт. Хартыына режиссерунан Анна Слепцова буолбута. 2008 сылтан саҕаламмыт үлэ “харалыы” түмүгүн 2010 сылга көрдөрбүттэрэ, 2015 сылга “Ньургун Боотур” сахалыы саҥалаах түмүктүүр барыйаана тахсыбыта. Бу айымньыттан олоҥхо ис хоһоонун, ылланар ньыматын, саха омук орнаменын билиэххэ сөп, кырдьык, үөрэтэр, билиһиннэрэр эспэнээт диэтэххэ сыыспаккын. Элбэх киһи үлэтэ түмүллүбүтэ оҕоҕо даҕаны, улахан да дьоҥҥо элбэҕи үөрэтэр, боччумнаах үлэ.
Ол да буоллар, бу эмиэ холонуу эрэ холобура. Ааптар Анна Слепцова салгыы анимациянан дьарыктаммака, оҕолору үөрэтэргэ санаммыта. “Саха сиригэр анимацияны сайыннарыыга дьон тиийбэт уонна ыарахан сыаналаах бырайыактары оҥорорго кэм кэлэ илик быһыылаах. Онон билигин бу хайысхаҕа оҕолору угуйар үлэни ыытар ордук кэскиллээх буолсу” диэн 2013 сыл анимация устуудьуйатын тэрийэн оҕолору үөрэтэн барбыта.
Анимация сайдар кэскиллээх дуо?
Үөһээ суруйбуппун ааҕан көрдөххө, мультипликацияны сайыннарыы бэрт халбаҥ инникилээх, сайдара саарбах дьарык курдук санаа үөскүөн сөп. Ол эрэн, киһини эрэннэрэр сибикилэр эмиэ бааллар. Этиллибитин курдук, “каадырдары бэлэмнээһин” үлэтэ кыралаан бара турар. Уруһуйдуур эмиэ араастаах – билигин ордук кэскиллээх сайдыы хайысхата көмпүүтэринэн 2d, 3d анимация буолар. Бу хайысхаҕа элбэх үөрэтэр устуудьуйалар, осуолалар бааллар. Холобур, IT-пааркаҕа уруһуйга үөрэтэр «Rum» устуудьуйа оҕолору 3d анимацияҕа үөрэтэр. “Алтан” көмпүүтэринэн бырагыраамалыырга үөрэтэр оскуола туспа 2d анимацияҕа үөрэтэр куурустаах.
Каадырдар туһунан салгыы эттэххэ, элбэх эдэр исписэлиис Арассыыйа бырайыактарыгар кыттара биллэр. Холобур, ааспыт кыһын тахсыбыт “Кощей” толору миэтэрэлээх анимация хартыынаҕа саха ыччаттара үлэлээбиттэрэ. “текстура худуоһунньуга” Анжелика Ларина, аниматор Маркел Мартынов уонна композер идэлээх Трофим Романов бу бырайыакка үс сыл кэриҥэ үлэлэспиттэр.
Арассыыйа “Феникс” анимация устуудьуйатыгар үлэиир Софрон Варламов “Айыы оҕолоро” (“Дети Айыы”) диэн ааттаах 5 сиэрийэлээх мульт-сэрийээл оҥоро сылдьара биллэр. Бу аныгы олохтон былыргыга түбэһии туһунан мүччүргэннээх сырыылар туһунан сэһэн туох да саарбаҕа суох, көрөөччү болҕомтотун тардар сибикилээх.
Ону кытта араас дьон тус-туспа холонуулара күн-түүн элбээн иһэр. Ким билиэй, баҕар, аҕыйах сылынан “ханнык сахалыы мультигы көрөбүт?” диэн тэлэбиисэр иннигэр тала олоруохпут буоллаҕа?