Бүлүү улууһугар тыатааҕылар нэһилиэктэр чугас эргин тахсар түбэлтэлэрэ элбээбит

«Олох суола» хаһыат суруйарынан, соторутааҕыта Бүлүү улууһугар олохтоохтор Балаҕаччы аэропордун таһыгар уолуйбакка хаама сылдьар тыатааҕыны видеоҕа устубуттар.

Бу видео элбэх киһини долгутта. Сиэмэх кыыл дьон олорор сириттэн толлубатыттан, куттаммакка сылдьарыттан дьону дьиксиннэрдэ.

Өссө биир тыатааҕына Хампа сэлиэнньэтин аттыгар федеральнай трассаҕа көрбүттэр — кыыл  айан-суол устун сүүрэн тахсыбыт.

Олохтоохтор этэллэринэн, тыатааҕылар нэһилиэктэр кытыыларыгар уонна суол устун тахсан кэлиилэрэ кутталлаах көстүүгэ кубулуйан эрэр уонна  дьон олоҕор чахчы кутталы үөскэтэр.

ТАР5АТ: