Ленскэй оройуонугар түөрт ойуур баһаарын умуруораллар

Ленскэй оройуонугар түөрт ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр. 

Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

Уот хаппыт уопсай иэнэ 281 гектар. Уоту утары охсуһууга 150 киһи үлэлиир. Түмүллүбүт былааҥҥа көрүллүбүт күүстэри уонна үп-харчы 50-тан тахса бырыһыанын туһаныынан сибээстээн, оройуоҥҥа муниципальнай характердаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ киллэрилиннэ.

Маны таһынан, биирдии ойуур баһаара Нерюнгри уонна Эбээн-Бытантай оройуоннарыгар бэлиэтэнэр. Уот хаппыт уопсай иэнэ 7,3 гектар. Баһаардары умуруорууга 43 киһи үлэлиир.

Өссө икки ойуур баһаара уустук суоллаах-иистээх уонна ыраах сиргэ Нерюнгри, Томпо оройуоннарыгар бэлиэтэнэр. Уот хаппыт уопсай иэнэ 713 гектар. Баһаардар хонтуруолланар зонаҕа бааллар. КЧС уонна ОПБ быһаарыыларынан ол баһаардары умуруоруу тохтотуллубут.

Баһаартан сэрэтэр ураты эрэсиим Кэбээйи, Ленскэй, Муома, Орто Халыма, Таатта, Эбээн-Бытантай оройуоннарын сиригэр-уотугар  салҕанар.

Ойуур баһаарын кутталлаах сезона саҕаланыаҕыттан 79 ойуур баһаара бэлиэтэммит, уот хаппыт уопсай иэнэ 4 тыһ.га. Былырыын баччаларга 114 ойуур баһаара бэлиэтэнэн турар.

Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/52829

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

ТАР5АТ: