Бүгүн билиһиннэрэр киһибит Петр Кычкин – Сайылык Бүөтүрэ диэн Кэбээйи улууһуттан төрүттээх ыҥырыыга сылдьар алгысчыт буолар. Кинини аан бастаан улахан тэрээһиҥҥэ кэлэн алгыыр, арчылыыр кэмигэр көрбүтүм. Онтон ыла син балачча кэм ааста.
Эһээм аатын сүгэбин
— Төрөөбүт дойдуҥ, төрдүҥ-ууһун туһунан билиһиннэриэҥ дуо?
— Мин Орто Бүлүү диэн урут үөскүү сылдьыбыт улуустан төрүттээхпин. Билиҥҥи Бүлүү улууһун Хампа нэһилиэгэр кииннэнэн олорбут улуус буолар. Онно уруккута Сайылык, билиҥҥитэ Мукучу диэн нэһилиэктэн төрүттээхпин. Аҕам Мукучу нэһилиэгин төрүттэспит Сайылык Бүөтүрэ диэн нэһилиэк тутуллуутугар үгүс тутууну ыыппыт күүстээх оҕонньор уола буолар. Оттон ийэбинэн Бүлүү улууһун Дьөккөнүттэн төрүттээхпин. Дьөккөҥҥө Балааҕыйа уонна Кырса Сөдүөт диэн эбээлээх, эһээлээх этим. Эһээм Кырса Сөдүөт Орто Бүлүүнэн кэрийэ сылдьан олоҥхолуура эбитэ үһү. Кини олоҥхотун Ленскэйгэ тиийэ билэллэр эбитэ үһү. Эһээм ыал буолан баран эбээбин, оҕолорун кытта Кэбээйи улууһун Мастааҕар Аһахтааччы диэн учаастакка олохсуйбут.
Ийэм Евдокия бу ыал үс кыыһыттан саамай кыралара эбит. Аҕам Мастаахтан ийэбин сүгүннэрэн аҕалан Мукучуга олохсуйбуттар. Биһиги бииргэ төрөөбүт ахсыабыт. Мин сэттис оҕо буолабын. Ийэм алталаахпар олохтон барбыта, аҕам уон үс сааспар олохтон туораабыта. 1996 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн баран, үөрэнэ барбатаҕым. Оскуола кэнниттэн дойдубар хаалан хачыгаарынан, оробуочайынан үлэлээбитим. Онон бииргэ төрөөбүттэрбэр, эдьиийдэрбэр иитиллэн улааппытым. Оччолорго биир эдьиийим бэйэтэ 18 эрэ саастаах, билиҥҥинэн букатын оҕо буоллаҕа. Миигин ииппит эдьиийдэрбэр махталым муҥура суох.
Убайым Сөдүөт сүбэтинэн…
— Бүлүү, Кэбээйи улууһун курдук ытык сирдэртэн силистээх киһи алгысчыт буолбут аартыгыҥ туһунан сэһэргиэҥ дуо?
— 2015 сылтан алгыстыыбын. Бу алгыс аартыгар үктэниим айана уһун, элбэх эриирдээх-мускуурдаах этэ. Тулаайах улааппыт буоламмын дьоммуттан, бэйэлэрэ оҕолоох-уруулаах эдьиийдэрбиттэн харчы көрдөөн үөрэххэ туттарсыы туһунан тыл көтөхпөтөҕүм. Тута хара үлэһитинэн үлэлээбитинэн, хамнас аахсыбытынан барбытым. Маннык сылдьан олохтоох кулуупка аны тас үлэһитинэн киирбитим. Куоракка эҥин улааппытым буоллар, интэринээккэ эҥин иитиллэн атын дьылҕалаах киһи буолуом этэ дии саныыбын.
Сиһилии хаһыат ыам ыйын 29 күнүнээҕи нүөмэригэр көрүҥ.
ХААРТЫСКА САЙЫЛЫК БҮӨТҮРЭ ТУС АРХЫЫБЫТТАН.